Бүлүү улууһугар көмөҕө наадыйааччылары чуолкайдыыллар

Социальнай көмүскэл управлениетын салайааччы Алина Каратаева салалталаах социальнай тэрилтэ үлэһиттэрин бөлөҕө өрүс уҥуор сытар ыраах Балаҕаччы уонна Кыргыдай нэһилиэктэригэр дьону-сэргэни көрүстэ. Управление сылын аайы саас улуус бары нэһилиэктэрин кэрийэн, дьону көрсөн быһаарар-өйдөтөр үлэни ыытар үтүө үгэстээх. Ол курдук, быйыл суолу баттаһа улуус уһугар сытар Күүлэт нэһилиэгэр эмиэ сылдьыбыта. Кинилэр маннык сылдьан нэһилиэнньэҕэ социальнай көмө көрүҥнэрин билиһиннэрэллэр, дьон санаатын истэллэр, кыра дохуоттаах уонна инбэлиит оҕолоох ыалларга сылдьаллар. Балаҕаччыга, Кыргыдайга доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору реабилитациялыыр тэрилтэ салайааччыта Ирина Нифонова, тэрилтэ исписэлииһэ Аграфена Кондакова, эппиэкэ уонна бэпэчиитэлистибэ салаатын исписэлииһэ Владимир Акимов ыалларга сылдьан оҕолор олорор, үөрэнэр усулуобуйаларын билистилэр. Субсидия ааҕыныстыбатын сүрүн исписэлииһэ Любовь Никифорова кыра дохуоттаах ыалларга оттуктарыгар, киин итиитиигэ көрүллэр субсидияларын суоттаан-ааҕан биэрдэ, сайабылыанньалары ылаттаата. Социальнай бөлөх сырыытын биир сүрүн соруга – олохтоох дьаһалталары кытта көмөҕө наадыйар кыра дохуоттаах, олох очурдарыгар оҕустарбыт ыаллары учуокка туруорууну чуолкайдааһын буолла. Биллэрин курдук, СӨ Ил Дархана Егор Борисов Ил Түмэҥҥэ Анал этиитигэр хантан да көмө ылар кыаҕа, үлэтэ, дохуота суох, бастакы уочарат көмөҕө наадыйар ыалларга көмөнү оҥорууну сүрүн сорук быһыытынан туруорбута. Соторутааҕыта Бүлүүгэ кэлэ сылдьан, баһылыктары кытта көрсүһүүтүгэр өйдөтөр-быһаарар үлэни күүһүрдүҥ диэн сорудахтаабыта. Кыра дохуоттаах ыалларга көмөлөһөр үбү тыырыы боломуочуйата олохтоох дьаһалталарга, баһылыктар түөлбэлэри кытта көрүүлэригэр бэриллиэ диэн буолар. Дьэ, миэстэтигэр хайдах быһааран эрэллэрий? Тоҕус нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүннүүр исписэлииһэ Саргылана Платонова 668 киһи олорор бөһүөлэгэр 15 хаһаайыстыбаны, ол эбэтэр 133 киһини, ол иһигэр отой кыаммат 5 ыалы киллэрбиттэрин эттэ. Олохтоох дьаһалта кыра дохуоттаах ыалларга үбүнэн көмө көрөр эбит, былырыын 150 тыһ. солк. үп хамыыһыйанан түҥэтиллибит.Манна даҕатан эттэххэ, улууска ааспыт сылга араас хайысханан 340 мөл. солк. социальнай төлөбүр оҥоһуллубут. Бүлүү улууһун тыатын сиригэр кыра дохуоттаах ыалларга көмө быһыытынан соцхантараагы туттубуттара ыраатта. 2012 сылтан туттуллан кэллэ, биир дьиэ кэргэҥҥэ муҥутаан 200 тыһ. солк. диэри көрүллэр. Барыта улууска 47 мөл. солк. суумаҕа соцхантараак оҥоһулунна. Сүрүн болҕомто тыа сирин дьонун өйөөһүҥҥэ, кэтэх хаһаайыстыба тэриниитигэр уурулунна. “Саха сирэ” хаһыакка суруйбуттарынан, быйыл көрүллэр үп эмиэ кэтэх хаһаайыстыба тэриниитигэр көмө курдук оҥоһуллуохтаах. Соцхантараакка социальнай көмүскэл управлениета нэһилиэктэр баһылыктарын кытта хара маҥнайгыттан быһаччы үлэлэспитэ Саха сиригэр бастыҥ уопут быһыытынан тарҕанна. Балаҕаччыга Александр Алексеевка сырыттыбыт. Кини 190 тыһ. солк. соцхантараактан саҕалаабыта, онтон “Саҥа саҕалааччы фермер” гранын ылан 50 ынах киирэр хотон холлоҕоһун туттубута. Билигин атаҕар турбут хаһаайыстыба буолар, 16 ыанньык ынахтаах, 10-тан тахса козалаах, сүөһүтүн элбэтэр санаалаах. Былаана киэҥ. Мария Корнилова эмиэ соцхантараагынан ылбыт үбүн окко туттаары эргэ тыраахтар атыыласпыт, ынах сүөһүтэ 11 төбөҕө тиийбит, 5 ыанар ынахтаах. Туйаара уонна Никита Яковлевтар үс үчүгэйкээн оҕолоохтор. Ыал аҕата кооперативка сылдьар, ийэлэрэ үлэлээбэт. Биир сылгылаахтар, аймахтара суоҕунан тастан көмө суох, орто оҕолорун уһуйааҥҥа төлөбүрдээх диэн биэрбэккэ сылдьаллар. Кинилэргэ олохтоох дьаһалта кварталга 6 тыһ. солк. көмөлөһөр эбит. Мария уонна Михаил Ивановтар 5 оҕолоохтор, өрөспүүбүлүкэттэн элбэх көмөнү ылбыттарын бу курдук үөрэ-көтө кэпсииллэр: — Көмө ыла олоробут, соцхантараак харчытынан 2 ынаҕы атыыласпыппыт. Судаарыстыбаттан соцхантараагынан, ийэ хапытаалынан барыта 200 тахса тыһ. солк., 5 оҕолоохпунан Бүлүүгэ кыбартыыра ылбыппыт. Дьиэбит умайан, Балаҕаччыга көһөн кэлэн, көмөнөн туһанан дьиэ-уот, хаһаайыстыба тэриннибит. Олохтоох дьаһалтаҕа тэриллибит көрсүһүүгэ Алина Каратаева быйыл судаарыстыбаттан туох-ханнык көмө оҥоһулларын кэпсээтэ, олохтоох дьаһалта исписэлиистэрин кытта кыаммат ыаллары учуокка туруорууну чуолкайдаста. Кыргыдайга баһылык солбуйааччыта Константин Мискяев испииһэккэ 49 ыалы киллэрбиттэрин, дьон итинник испииһэккэ киирбэтэхпитинэ бары чэпчэтииттэн матабыт диэн өйдөбүллээхтэрин кэпсээтэ. Дьаһалта исписэлиистэрин кытта кэпсэтиигэ Социальнай көмүскэл управлениетын салайааччы эмиэ Балаҕаччыга курдук, хантан да көмө ылар кыаҕа, үлэтэ, дохуота суох, бастакы уочарат көмөҕө наадыйаар ыаллары испииһэккэ киллэрэллэригэр сүбэлээтэ. Кыргыдайга буолбут көрсүһүүгэ 32 киһи кыттан кыһалҕаларын чуолкайдаатылар. Управление салайааччыта туох-ханнык көмө оҥоһулларын билиһиннэрдэ, элбэх ыйытыкка хоруйдаата. Ити курдук, Бүлүү улууһугар олохтоох дьаһалталар нэһилиэктэр общественнай тэрилтэлэрин кытта суһаллык көмөҕө наадыйар ыаллары испииһэккэ киллэриигэ сүбэлэһэн үлэлээн эрэллэр. 1 из 9

Бүлүү улууһугар көмөҕө наадыйааччылары чуолкайдыыллар
© ЯСИА.RU